Автор: Андреева Мария Васильевна
Должность: воспитатель
Учебное заведение: МБДОУ–Д⁄с "Одуванчик" с. Асыма
Населённый пункт: Республика Саха (Якутия), Горный улус, с. Асыма, ул. Пришкольная, 22
Наименование материала: проект
Тема: Олонхону 6–7 саастаах о5о5о мнемотехника ньыматынан уьуйуу
Раздел: дошкольное образование
Бырайыак аата: Олонхону 6-7
саастаах о5о5о мнемотехника
ньыматынан уьуйуу
МБДОУ – Д/с «Одуванчик» с. Асыма
Онордо: Андреева М.В.
Олоҥхону, саха норуота уйэлэргэ уhаарыллыбыт, ѳркѳн
ѳйунэн айыллыбыт оло5ун философиятын, кыра саастаах о5олортон
са
ҕ
алаан
билиhиннэрэр,
тириэрдэр
уустук,
ол
эрэн
олус
улахан
суолталаах.
Билинни кытаанах кэмнэ, бутуурдаах олоххо кырачаан киhи
сѳптѳѳхтук киhилии киhи сиэринэн иитиллэн, сайдан тахсарыгар
олонхо
эйгэтигэр
уйэттэн
уйэ5э
харыстаан
илдьэ
кэлбит
ытык
ѳйдѳбуллэрэ олук буолаллара саарба
ҕ
а суох.
Норуот кууьэ – ѳйугэр, ѳйун кууьэ – тылыгар диэн этэллэр.
Тыл бары бастына, сумэтэ фольклорга, олонхо5о баар.
Манна оло5уран «Олонхону 6-7 саастаах о5о5о
мнемотехника ньыматынан уьуйуу» диэн анал бырайыак
улэтин са
ҕ
алаатым.
Бырайыак теруетэ
Сыала:
- олонхону билиьиннэрии, бастакы ейдебуллэри биэрии,
уерэтии;
- олонхону о5о, тереппут истэн кэрэхсиирин уескэтии. уус -
уран тылыгар умсугутуу.
Соруктара:
- о
ҕ
о тыла байар, сайдар эйгэтин тэрийии;
- о5о толкуйун эрчийии;
- олонхо иитэр – уѳрэтэр кыа
ҕ
ын куннээ
ҕ
и олоххо туьаныы.
Бэлэмнэнии улэтэ
1.
Анал литератураны туьаныы
2.
Эбии туттар матырыйааллары бэлэмнээьин .
3.
Олонхо тылын - еьун быьаарар тылдьыт оностуу.
4.
Тереппуттэргэ бырайыагы билиьиннэрии.
Улэ ис хоьооно
Хаьан буолара
Кыттыылаахтар
Бырайыак суруйуу
Алтынньы
иитээччи
«Мин дойдум олонхо дойдута» туттар матырыйаалы,
кестуумнэри оноруу, мунньуу
Сыл устата
тереппуттэр,
иитээччи
Акция «Мин о5обунаан»
Алтынньы
тереппут
«Олонхо ус дойдута» - олонхо кунугэр аналлаах
аралдьытыы ыытыы
Сэтинньи
иитээччи,
тереппуттэр
Тереппут мунньа5а «О5о тылын олонхо ненуе
сайыннарыы»
Сэтинньи
иитээччи
Тереппут оскуолата : «Мнемотехника диэн тугуй?»,
«Олонхо о5о уруьуйугар», «Олонхо тылдьыта».
Кыбаартал аайы
иитээччи
«Кун халлаан кулууьуттэн тутуьан уескээбит куустээх –
уохтаах Кун Эрили» олонхону тереппуту кытта аа5ыы
ыам – ыйа, бэс
ыйа
иитээччи,
тереппуттэр
Тереппуту кытта улэ барыла
Саба5алааьын
- олонхо туьунан ейдебулу ылар, баай уус – уран тылын ейдуу –
истэ уерэнэр;
-
о5о мнемотаблица кеметунэн уустаан – ураннаан кэпсиир
дьо5урун байытар;
- сиэр – майгы еттунэн иитиллэр;
-
толкуйдуур, ейге тутар, айар дьо5ура сайдар;
- санаатын сааьылаан тириэрдэр, бэйэтигэр эрэллээх буола
улаатар.
Мнемотехника диэн тугуй?
О5о уруьуй, бэлиэ ненуе уус - уран айымньыны ейугэр тутар,
кэпсээн онороругар кеме гынар ньымата.
Мнемотехника ньыматын туьанан
айымньыны уерэтии туьумэхтэрэ
айымньыны аа5ан иьитиннэрии
ис хоьоонун, ейдебулун ырытыы
ейдеммет тыллары быьаарыы
айымньы сурун ис хоьоонун ейдетер бэлиэлэри онорторуу
о5о мнемотаблица кеметунэн хатылыыр
мнемотаблицаны кердерен туран кэпсээн иьитиннэрэр
Отчуттар
Кугас кумаар от охсор.
Хомурдуоспут мунньар.
Кымырда5ас о5онньор
Кыдамаьыт буолар.
Куп куех оту кээстилэр.
Куруе тутан буттулэр.
Куобах манна
киирбэккин.
Куех оту кэбийбэккин
Хомурдуос
Хомурдуос, хомурдуос
Хомурдуос о5онньор
Куех отум быыьыгар
Куулэйдии сылдьар
Кур киини тобулан
Хомурдуос дьиэ туттар
Куурусса тумсуттан
Куттанан саьар
Хомурдуос, хомурдуос
Хомурдуос о5онньор
Куурусса буолбаппын
Куотума саьыма
Олонхо тыыннаах угэьин этигэр –
хааныгар илдьэ сылдьан, бугунну куннэ
биьиэхэ тириэрдибит норуот талааннаа5а,
республика5а илиигэ баттанар сэдэх ийэ
олонхоьуттартан биирдэстэрэ, тыыл, улэ
бэтэрээнэ Николай Михайлович
ТАРАСОВ буолар.
Николай Михайлович олонхолуур суду
талаана Маалтааны нэьилиэгин терут
олохтоох Потаповтар аймахтарыттан
бэриллибитэ. О5о сылдьан се5е – махтайа
истибитин ейугэр хатаан, угус сылларга
дууьатыгар инэринэн, угус олонхоьуттар
курдук, лаппа сааьыран баран олонхолуур
талаана арыллыбыта.
Кини бастакы олонхото «Кун Эрили» 70
сааьын туолар убулуейугэр кун сирин кербутэ.
Кылгас кэм иьигэр Николай Михайлович
«Кун Дьеьуел», «Нуьэр Бе5е», «Дуула5а
Баатыр» диэн олонхолору айбыта. Оттон
«Ала Туйгун» олонхотун оло5ун бутэьик
куннэригэр суруйбута.
Елизавета Степанова ахтыытыттан
«YК» алтынньы 1 кунэ 2003с.
Олонхо композициятын уопсай ейдебулэ:
-
Олонхо киириитэ: Бухатыыр тереебут уескээбит тердун
ууьун, дойдутун – сирин, кини бэйэтин дьуьунун – бодотун,
танаьын сабын, сэбин – сэбиргэлин хоьуйуу.
-
Терует: кини ол курдук учугэйдик олордо5уна абааьы
бухатыыра кэлэн саба туьэн, уоран талаан былдьаан барара
кестер
-
Бухатыыр сырыыта айана, айыы бухатыыра абааьы
бухатыырдарын кытта охсуьуута кестер: охсуьуу араас
сирдэринэн барар, араас керуннэнэр, араас быьылааннары-
кирбиилэри туоруур. Ол да буоллар айыы бухатыыра кэлин
уьугар геройдуу кыайар
-
Бухатыыр охсуьуута бутэн, сырыытын – айанын ситэн,
атын дьонун быыьаан тереебут дойдутугар – сиригэр кэлэр
-
Кинини дьоно айхаллыы керселлер, ыьыах ыьан, улуу
уеруу буолар, дьоллоох олох эргийэр, уоллаах кыыс холбоьон,
киьи – суеьу терде буолан олороллор.
«Кун халлаан кулууьуттэн тутуьан уескээбит куустээх уохтаах
Кун Эрили» олонхоттон быьа тардан билиьиннэрии
Улахан уолларын
Аан аартыкка
Ааттаммыт аата
Ким эбитий диэн
Ыйытар буоллахха
Ус хос курбуеьуннээх
Бутэй тирии кынаттаах
Кетер — суурэр
Тыллаах — естеех
Кеке — буурай аттаах
Кун халлаан кулууьуттэн
Тутуьан уескээбит,
Куустээх уохтаах
Кун Эрили диэн эбит.
Бу киьи бэйэтэ буолла5ына
Балталаабыт тимир курдук
Бараа — хараа былчыцнаах
Сыйыы тимир сындааьыннах
Эрийии тимир ициирдээх
Кутуу тимир куцнаах
Уун тиэрбэьин курдук
Эрилкэй харахтаах
Куударабай баттаахтаах
Улуу тайах уллугун силиитин
Умсары уурбут курдук
Кене муруннаах
Икки кииьи
Кэккэлиьиннэрэ уурбут курдук
Кэрэ хаастаах
Бу киьи
Хайдах майгылаах — сигилилээх
Эбитэй диэн
Сирийэн кердеххе
Дьонугар — сэргэтигэр
Сытыары сымна5ас киьи эбит
Биир уолу «Нохоо» диэбэтэх,
Биир кыыьы «Хотуой» диэбэтэх
Уол о5о удьунааьа эбит.
Тацнар тацаьа хайдах эбитий диэн
Чахчылаан керер буоллахха
Сарыы гиэнэ тыйыьыт тацныбыт
Тунэ гиэнэ туунуктээ5ин кэппит эбит
Елер тыын ереьултэтэ буоллун диэн
Ус хос уруц кемус куйах тацастаах эбит
Туттар сэбэ туох эбитий диэтэххэ
Толуон — илиэн дойду туоьа туостаах
Кимиэн — имиэн дойду киилэ кииллээх
Хамыан — имиэн дойду хатыца хатыцнаах
Улуу кыыл муоьа укулааттаах
Хахай кыыл иэнин ициирэ киристээх
Улуу урэх то5ойдоон сытарын курдук
Ним муос саалаах эбит
Эккэ эцэлийэр сыа5а сыцалыйар
Хаацца хаьытыыр еьееххе уегулуур
Уьун мас баалтаар
Охтордоох эбит
Ойуулаах уктаах
Оьуордаах ончохтоох
Уьун субуйа батастаах эбит.
Кини бэйэлээх
Келунэр келете
Ол ус хос курбуеьуннээх,
Бутэй тирии кынаттаах,
Кетер – суурэр саналаах
Кеке буурай ат барахсан
Айгырастаах тэьииннээх эбит,
Аарыктаах сулардаах эбит,
Кеьуун кентестеех эбит
Тиьэ кемус
Тэьииннээх эбит
Урдук урун кемус
Ыныырдаах буолар эбит.
Туьаныллыбыт литература:
1.Чехордуна Е.П. Иванова Е.П. – Олонхо эйгэтэ. Дьокуускай, 2005.
2. Андросова Ю.В. Александрова Н.П. – Олонхо в игровой
деятельности. Якутск 2013.
3. Тарасов Н.М. - Будуруйбэт Нуьэр Бе5е – Бэрдьигэстээх: 2006.
4. Лепчикова Л.П. Татаринова Х.К. Иванова Г.Н. – Саха фольклора:
Дьокуускай 1993.
5. Чехордуна Е.П. – Мин дойдум – Олонхо дойдута: 2006.
6. Аммосова В.В. Филиппова Н.И. Чехордуна Е.П. – Олонхо ойуулаах
тылдьыта: Дьокуускай 2008.
7. Николаева А.В. И др: Мин олонхо эйгэтигэр: Дьокуускай 2006.
8. Ефимова Д.Г, Ю,С.С. - Олонхо педагогикатын о5о садыгар
олохтооьун: Дьокуускай 2013.